letra de l.o.v.e. - галя vinograd
[текст песни «l.o.v.e.»]
[куплет 1]
долгуппат миигин дьон саҥата
санаалары самнарбат
таптыырым буолар дьол кыната
киниттэн тахсыбыт ырыам тыллара (тыллара)
[припев]
күрэтэ сатааман, өйбүн бутуйаҥҥыт
хайдах да тыл миигин суолбуттан халыппат
хатыйбат, хара санаа тапталбын хагдарыппат
көрбүккүт курдаттыы санаам нөҥүө
тугу ирдиирин, ыллыырын мин дууһам
дьылҕабын мин оннубар быһаарыман
таптыырга буруй суох, биирдэ бэриллэр олох
[куплет 2]
биллим тапталы эдэр тэбэр сүрэхпинэн
абылаҥҥа киирбитим бэйэм баҕабынан
баҕар буруйдаах даҕаны буолуум
билиммэппин, бэриммэппин
ким да наадата суох, кэмсиммэппин
[припев]
күрэтэ сатааман өйбүн бутуйаҥҥыт
хайдах да тыл миигин суолбуттан халыппат
хатыйбат, хара санаа тапталбын хагдарыппат
көрбөккүт курдаттыы санаам нөҥүө
тугу ирдиирин, ыллыырын мин дууһам
дьылҕабын мин оннубар быһаарыман
таптыырга буруй суох, биирдэ бэриллэр олох
көрбөккүт курдаттыы санаам нөҥүө
тугу ирдиирин, ыллыырын мин дууһам
дьылҕабын мин оннубар быһаарыман
таптыырга буруй суох, биирдэ бэриллэр олох
letras aleatórias
- the family jams › letra de look at your love - the family jams
- handsovereyes › letra de overthinking ii - handsovereyes
- sinizter › letra de russian ak - sinizter
- taty geneste › letra de attention - taty geneste
- neverlxne › letra de dead man walking - neverlxne
- lew › letra de average - lew
- lions acrobats › letra de warrior - lions & acrobats
- hunnyhunna › letra de on air (10년 후) - hunnyhunna
- платина platina › letra de баллада (ballad) - платина (platina)
- the eternal daydream › letra de just another moron - the eternal daydream