letra de оҕо саас (childhood) - галя vinograd
[текст песни «оҕо саас»]
[интро]
ханна саспыт оҕо саас?
ханна саспыт оҕо саас?
[куплет 1]
олох халыҥ ойууругар мунаммыт
оҕо саас салгынын умуннубут
умсулҕан сүүрүгэр умсаммыт атын эйгэни буллубут
өйдүүгүн дуу эн? билэҕин дуу эн?
ол ыраах алыптаах дойдуну
хас биирдиибит дьоллоох этэ оҕолуун
[предприпев]
ол онно күнүм уратытык тыгара
доҕорбунаан сырылыы оонньуурбар сылааһынан сылытара
күөх от сыта, халлаан ыраас былыта
барыта ураты буолара, баҕа санаа туолара
[припев]
аны хаһан да төннүбэттэр оҕо сааһым кэмнэрэ
эбэм сылаас илиитигэр куустаран утуйарым
аны хаһан да төннүбэттэр оҕо сааһым кэмнэрэ
эбэм сылаас илиитигэр куустаран утуйарым
[куплет 2]
испитигэр кыратык оҕобут
дьикти түгэни син биир бары күүтэбит
уонна тоҕо бу улаатан санааларбытын саһыарабыт

[аутро]
ханна саспыт оҕо сааспыт?
ханна саспыт оҕо сааспыт?
ханна саспыт оҕо сааспыт?
ханна саспыт оҕо сааспыт?
letras aleatórias
- marius muller westernhagen › letra de tanz mit dem teufel - marius müller-westernhagen
- retch › letra de fresh off tour - retch
- mr aka › letra de how you turn up - mr. aka
- t y › letra de fully loaded (bonus) - t.y.
- lakmann one › letra de blood n bones - lakmann one
- clasiqueros › letra de último tren a londres - clasiqueros
- jesto › letra de 1, 2, 3 - jesto
- kenny guye › letra de pray for me - kenny guye
- calenraps › letra de on my line - calenraps
- lou x › letra de essi ridono pt.2 - lou x