letra de ааттыан этэ дуо? (name it) (acoustic) - галя vinograd
[текст песни «ааттыан этэ дуо?»]
[куплет 1]
саҥа күн сарсыардатын
эйиэхэ уунар сардаҥатын
мичээргинэн таба тута-ан
ааттыаҥ этэ дуо мин ааппынан?
тылан эрэ сибэккини
нарыҥ-намчы тэтэркэйи
дьүһүммэр майгынната-ан
ааттыаҥ этэ дуо мин ааппынан?
[припев]
ааттыаҥ этэ дуо?
ааттыаҥ этэ дуо?
ааттыаҥ этэ дуо мин ааппынан?
на-на-на-на
[куплет 2]
өрүс устар долгунунан
сүрэххинэн оргууй истэн
сипсийбит тыал тапталын эн
ааттыаҥ этэ дуо мин ааппынан?
[припев]
ааттыаҥ этэ дуо?
ааттыаҥ этэ дуо?
ааттыаҥ этэ дуо мин ааппынан?
на-на-на-на
[куплет 3]
таптыыргыттан кынаттанан
сиртэн тэйэн көтөн тахсан (ха-а-а)
халлаан чаҕылхай сулуһун
сандаара тыгар туругун
барытын сабардаан ылан
ааттыаҥ этэ дуо мин ааппынан?
[интерлюдия]
ааттыаҥ этэ дуо?
[куплет 4]
арай алҕас таба көрсөн
харахпытынан сөбүлэһэн
утары хардыылаан кэллэрбин
ыйытыаҥ этэ дуо ааппын эн, эй?
арай алҕас таба көрсөн
харахпытынан сөбүлэһэн
утары хардыылаан кэллэрбин
[припев]
ааттыаҥ этэ дуо?
ааттыаҥ этэ дуо?
ааттыаҥ этэ дуо мин ааппынан?
на-на-на-на
[аутро]
ааттыаҥ этэ дуо?
letras aleatórias
- zimbra › letra de missão apollo - zimbra
- bill › letra de locals only - bill
- sofiane › letra de karismatik ultimatum - sofiane
- k camp › letra de cut her off (feat. 2 chainz & jeo jetson) - k camp
- кино kino rus › letra de это не любовь (this is not love) - кино (kino) (rus)
- camron › letra de instagram skit - cam'ron
- danny brown › letra de black - danny brown
- xis › letra de a. xis - xis
- нюша nyusha › letra de i'm not discovered - нюша (nyusha)
- black kent › letra de gauche-droite - black kent