letras.top
a b c d e f g h i j k l m n o p q r s t u v w x y z 0 1 2 3 4 5 6 7 8 9 #

letra de тургутуу (check) - jeedda

Loading...

[текст песни «тургутуу»]

[куплет 1]
сахалар бииргэ
айылҕа ринга
бу киэҥ ыырга бу аан дойдуга
уоттааххын хараххар аахтым
атаахтыы кэлбит таах умуллаахтыыр
муус килэмэни уоттуурга бэлэмнэнэн
илиигэр эгэлгэ кыымнары туттун эн
ириэнэх суоллары ирдээн
тоҥ суоллары тордоон тиийдин, иэдээн
үрүҥ тыын туһугар тыын
ама албынныыр эрэ бу күрэххэ бастыыр
киһи ааттаах кыайбатаҕа диэн суох
хайдах биир суон мас тостуой?
өспүт кутаа күөдьүйэр эмискэ
тиис тиискэ бу киирсии күүстээх
түмүгэ суох, тугэҕэ суох кыһыы
барытын бары самнары баттыыр

[припев]
күөн күрэс күүһэ көтүтэр үөһээ
көҥүлү күөт күрэс сүрэҕэр уот күрэн
эрэлэ биир түгэн санаата уот сүгэ
ити кэннэ бүгэн сытыа дуо кини? эт
эрэлэ биир түгэн санаата уот сүгэ
ити кэннэ бүгэн сытыа дуо кини? эт
күөн күрэс күүһэ көтүтэр үөһээ
көҥүлү күөт күрэс сүрэҕэр уот күрэн
[куплет 2]
сахалар бииргэ
андаҕай уокка бэлэммин дииргэ
охтубат охтоох өстөөхтөн эн
“киhибин” диэн киэҥ тутта диэн дуо?
биир эрэ санаа, ким үҥүү тутан
сиир баҕатынан киирдэ бу манна
омугун уонна алааһын көмүскээн
көҥүлү атастаспат көмүскэ
билии уонна өркөн өй куустээх
үтүөнү үксэт, үтүөнү түстээ
киэҥ көҕүстээх эрэ кыахтаах
дойдугун алҕаан сырдыгы тарҕат
өстөөх хараҕар кутталын кистиир
тиис тиискэ бу тиһэх киирсии
түмүгэ суох, тугэҕэ суох кыһыы
барытын бары самнары баттыыр

[припев]
күөн күрэс күүһэ көтүтэр үөһээ
көҥүлү күөт күрэс сүрэҕэр уот күрэн
эрэлэ биир түгэн санаата уот сүгэ
ити кэннэ бүгэн сытыа дуо кини? эт
эрэлэ биир түгэн санаата уот сүгэ
ити кэннэ бүгэн сытыа дуо кини? эт
күөн күрэс күүһэ көтүтэр үөһээ
көҥүлү күөт күрэс сүрэҕэр уот күрэн

letras aleatórias

MAIS ACESSADOS

Loading...