![letras.top](https://letras.top/files/logo.png)
letra de хатыҥнар - ponsash
[текст песни «хатыҥнар»]
[припев]
алааһым саҕатын таптааннар
утуйа тураллар хатыҥнар
сылаас хаар саҕынньах иһигэр
хатыҥнар сайыны түүһүүллэр
ол түүлгэ көстөллөр күн түүннэр
сандаара дайаллар сарыаллаах аар
[куплет]
иһиллэр оһуохай тойуга күөрэгэй көччүйэр
тур уйа кэтэһиҥ маанылаах кыргыттар кылбарар
кыһыҥҥы хатыҥнар кэм кэлиэ кэтиэххит кэһиини
күөх солко сэбирдэх симэҕи
оччоҕо солконон сугуну көрсүөххүт
уйгулаах ыһыаҕы дуоһуйа туойсуоххут тойугу
астына аахсыаххыт айхаллыы утуйуҥ, утуйуҥ
хатыҥнар түүһээн ду?
ай сайыны
ханнык да чысхааннаах тымныылар
кыайбаттар ырыаны тапталы тиийбэттэр тыллар
астына ахсыаххыт айхалы
көрсүөххүт уйгулаах ыһыаҕы
[бридж]
(т-тула)
көрөҕүт тула
сиэттиспит курдук сөҕөҕүт кула
тыа хайыспыт эһи диэки (сайыһыман)
салгыны эҕэрийэр
сир ийэ илгийэр
итиитэ билиннэ
көрөҕүт тула
сиэттиспит курдук сөҕөҕүт кула
тыа хайыспыт эһи диэки (сайыһыман)
салгыны эҕэрийэр
сир ийэ илгийэр
итиитэ билиннэ
[припев]
алааһым саҕатын таптааннар
утуйа тураллар хатыҥнар
сылаас хаар саҕынньах иһигэр
хатыҥнар сайыны түүһүүллэр
ол түүлгэ көстөллөр күн түүннэр
сандаара дайаллар сарыаллаах аар
алааһым саҕатын таптааннар
утуйа тураллар хатыҥнар
сылаас хаар саҕынньах иһигэр
хатыҥнар сайыны түүһүүллэр
ол түүлгэ көстөллөр күн түүннэр
сандаара дайаллар сарыаллаах аар
letras aleatórias
- letra de 鳥と糸 (tori to ito) - sachiko aoyama
- letra de loneliness - amaurot
- letra de alive - domi
- letra de call right up - katchafire
- letra de no sad goodbye - willim & teddy cream
- letra de latibonit - leyla mccalla
- letra de i think we all gonna die (demo) - tessa and friends
- letra de redecorate - 2nd in command
- letra de dirty racing - reÿn (fra)
- letra de pasa el tiempo - adrian rodriguez