letras.top
a b c d e f g h i j k l m n o p q r s t u v w x y z 0 1 2 3 4 5 6 7 8 9 #

letra de бүлүү (vilyui) - галя vinograd

Loading...

[текст песни «булүү» ft. kropal]

[интро: kropal & галя vinograd]
йоу
галя vinograd, kropal
икки ноль биир алта, бүлүү

[куплет 1: галя vinograd]
бүлүүбэр бөлүүн айаннаан кэллим
сылаас тыынын ахтаммын
төрөөбүт төрүттээхтэрим тиэтэйэн көстөрүн көрөммүн астынным
манна баар оҕо сааспыт
манна баар маҥнайгы тапталбыт
сайда-үүнэ тур, өрүүтүн туругур
хайа да дойду салгына эйинигэр тиийбэтэ тиийэн
хайдах тапталы сүрэхпэр иирдин
ырааппытым ыраатта да буоллар төннө турабын дойдубар
кумах кырымныыр, ырыатын ыллыыр
үрүҥ көмүс өрүс сүҥ күлүм кытылыгар ыччат көрүлүүр
көрүүй бу диэки

[припев: галя vinograd]
о-о, бүлүү, о-о бүлүү
мин таптыыр өрүһүм
эн куруук мэлдьитин устууй
о-о, бүлүү, о-о бүлүү
мин таптыыр өрүһүм
эн куруук мэлдьитин устууй
[куплет 2: kropal & галя vinograd]
йоу-йоу-йоу-йоу
түннүк нөҥүө күн уота оргууй устан ааһар
санаабар бу баарга дылы бүппэт оҕо сааһым
дойдум алааһа санатар эрэ сылааһы
онно баара мөкүчүҥнээх сырыым арааһа
үйэ-саас харыстыыр ити хаартыскалары
сүрэхпэр өрүү доҕотторум бука бары
олох уһун суолугар хас да сыл аастар
ыраас халлаан анныгар сарыы остор саастар
өйдүүбүн кепка, балахон уонна киэҥ ыстаан
туттуу-хаптыы оччолорго атастар аан бастаан
оччолорго ырыабыт, уулусса баҕа санаата
түбүктэртэн күрэн — биһиэхэ кыра да наада
барыта biggie & tupac, барыта biggie
бу сүрүн суолугар уолаттарбынаан бииргэ
барыта куруус санаа, таптал баар этэ, үөрүү
бу мин эйгэм манна баар буолуом мин өрүү
эн буолаҕын эрэнэр эрэллээх, кэскиллээх
эн буолаҕын бүлүү биир тэбэр сүрэҕэ

[припев: галя vinograd & айыы сыдьаайа]
о-о, бүлүү, о-о бүлүү
мин таптыыр өрүһүм
эн куруук мэлдьитин устууй
о-о, бүлүү, о-о бүлүү
мин таптыыр өрүһүм
эн куруук мэлдьитин устууй
о-о, бүлүү, о-о бүлүү
мин таптыыр өрүһүм
эн куруук мэлдьитин устууй
о-о, бүлүү, о-о бүлүү
мин таптыыр өрүһүм
эн куруук мэлдьитин устууй
[аутро: галя vinograd]
устууй

letras aleatórias

MAIS ACESSADOS

Loading...