
letra de сүрэхпэр (in my heart) - kesh (ykt)
[текст песни «сүрэхпэр» ft. ponsash]
[куплет 1: kesh]
туохтан да кэрэ, туохтан да күндү
эйигин мин көрүстүм, ааспыт барыта сүттүн
эрэн эн миэхэ, эн эрэ баар буоллун сүрэхпэр
уһуктубут тапталым мин олохпун үйэлэттэ
түгэннэр илэ баар буолбуттар түүллэртэн
эйигин көрсөн сүрэҕим тэбэрэ күүһүрдэ
эн уонна мин олохпут устун иккиэн
саҥа күнүм саҕаланна эн эрэ мичээргиттэн
айдым күндү киһибэр, кэргэммэр
үөрэбин эн бааргыттан бу күн сиригэр
кэскилбит туһугар тапталбыт уостубат
илиигиттэн сиэтэн ылбыт күммүттэн ыла
[припев: ponsash]
аттыгар баар буолуом, киэргэттин мин олохпун
сүрэхпит тэҥҥэ тэбэр, үөрэбин бааргыттан
аттыгар баар буолуом, киэргэттин мин олохпун
сүрэхпит тэҥҥэ тэбэр, үөрэбин бааргыттан
[куплет 2: kesh]
өйдүүбүн барытын умнуллубат күннэри
ол сылаас кэрэ саас бэлэхтээтэ эйигин
тулалыыр эйгэбин киэргэтэҥҥин эн киирдиҥ
мин олохпор кэрэ күннэри бэлэхтии
сэбирдэхтэр үҥкүүлэрин үтүктэммит
эргийэбит иккиэн сэмээр сиэттиһэммит
сипсийэн этэбин таптыыбын эйигин
дьоллоох инникибит күүтэр биһигини
суох буоллун тумаан ыраас халлаан анныгар
көрүөхпүт биһиги сулуспут тыгарын
күн сардаҥата тыгарыттан уһуктан
саҥа күммүтүн өрүү көрсүөхпүт куустуһан
[припев: ponsash]
аттыгар баар буолуом, киэргэттин мин олохпун
сүрэхпит тэҥҥэ тэбэр, үөрэбин бааргыттан
аттыгар баар буолуом, киэргэттин мин олохпун
сүрэхпит тэҥҥэ тэбэр, үөрэбин бааргыттан
аттыгар баар буолуом, киэргэттин мин олохпун
сүрэхпит тэҥҥэ тэбэр, үөрэбин бааргыттан
аттыгар баар буолуом, киэргэттин мин олохпун
сүрэхпит тэҥҥэ тэбэр, үөрэбин бааргыттан
letras aleatórias
- letra de next year - jack bruno
- letra de faster - good kid
- letra de megarex - t. rex
- letra de head above water - avril lavigne
- letra de the only one - jack booth
- letra de diamonds - paul wall & d-boss feat. slim thug
- letra de need you - jst frnds
- letra de admittance - like pacific
- letra de let me take you away - bill anderson & mary lou turner
- letra de niewidzialne_miasto - karwel