letra de булбаппын кэрэни - ali broo
[интро: ali broo]
этиий хайдах буоларбын мин
санаабар хаайтарбыккын ди
[куплет: ali broo]
алҕас көрдүм эйиигин
тоҕо эрэ эйиигиттэн ырааппаппын
бу үҥкүүгэ тимирэҕин
туох баар кэрэҕин билиннэрэҕин
туох буоллум?
(туох буоллум, эйиигиттэн мин туох буоллум у-оо)
аны мин билигин
булбаппын мин кэрэни
сүрэхпэр эн киирдин
бүтүннүү тахсыбаттыы
(хатыламмат)
эн, эн дьүһүнүн
мин өйбөр бүтүннүү киирбит
[припев: ali broo]
этиий хайдах буоларбын мин
санаабар хаайтарбыккын ди
аны кэлэн мин булбаппын
эйиэхэ, маарыҥныыллары
көрдүү сатыыбын эйиигин
о, тоҕо мин булбаппыный
бүгүн түүлбэр эн уоскутуй
нарыҥнык кууһаҥҥын уурууй
(е-е, нарыҥнык кууһаҥҥын уурууй е-е, миигин эн уоскутуй, миигин – миигин уоскутуй е-е уо)
[куплет: samur]
кэрэ кыыс кэпсээ миэхэ
этиий хайдах буоларбын мин
билигин эйиигин саныыбын
ырыабар мин хоһуйабын
эйиигин билбэт кыыспын
диэн эйиигин ааттыаҕым
билэбин эн атыҥҥын
кинилэртэн уратыгын
харахтарбын уматтын
сүрэхпин эн ууллардын
дууһабын аймаатын (аймаатын)
этиий хайдах буоларбын
[припев: ali broo]
этиий хайдах буоларбын мин
санаабар хаайтарбыккын ди
аны кэлэн мин булбаппын
эйиэхэ, маарыҥныыллары
көрдүү сатыыбын эйиигин
о, тоҕо мин булбаппыный
бүгүн түүлбэр эн уоскутуй
нарыҥнык кууһаҥҥын уурууй
(е-е, нарыҥнык кууһаҥҥын уурууй е-е, миигин эн уоскутуй, миигин – миигин уоскутуй е-е уо)
[аутро: ali broo]
этиий хайдах буоларбын мин
санаабар хаайтарбыккын ди
аны кэлэн мин булбаппын
эйиэхэ, маарыҥныыллары
көрдүү сатыыбын эйиигин
о, тоҕо мин булбаппыный
бүгүн түүлбэр эн уоскутуй
нарыҥнык кууһаҥҥын уурууй
letras aleatórias
- letra de pokemon trainer rap cypher - videogamerapbattles
- letra de excitable boy (nic) - warren zevon
- letra de king of the halloween - aidyndahustl3r
- letra de réquiem - sinistro
- letra de estrugido de ganza - lil $ally
- letra de todo se fue de control - gian schmitt
- letra de move along - vulnrebel
- letra de codein im jenkelweg - unter obsi
- letra de troll - glass hammer
- letra de grace of my girls - david knopfler